Бэс ыйын 13 — 14 күннэригэр Аллыҥа нэhилиэгэр бэлиэ күннэрэ

Бэс ыйын 13 — 14 күннэригэр Аллыҥа нэhилиэгэр бэлиэ күннэрэ

Бэс ыйын 13 кунугэр Лаппарыйа Уус өйдөбүнньүк бүүһэ Аллыҥаҕа турда

Зверев ансаамбылыгар 30 хомуһу охсон, таптайан биэрбит Лаппарыйа Уус бүүһэ Аллыҥаҕа турда диэн Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Маһы ыллатар, көмүһү күлүмнэтэр, тимири таптайар, хомуһу хоҥкунатар Данилов Данил Алексеевич — Лаппарыйа Уус төрөөбүт, олорбут, уһаммыт тапталлаах дойдутугар Аллыҥаҕа өйдөбүнньүк бүүс турда. Истиҥ тэрээһиҥҥэ улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ульяна Попова кыттыыны ылла, эҕэрдэтин эттэ.

Уран уус аатын-суолун үйэтитиигэ сиэннэрэ, хос сиэннэрэ уонна Аллыҥа дьаһалтата күүскэ үлэлээннэр боруонсанан кутуллубут бүүһү Кытайга оҥоттордулар. Ытык кырдьаҕас бэйэтинэн олорорун курдук сирэйин-хараҕын, моһуонун оруобуна майгынныыр гына нарылаабыттар. Манна кини сыдьааннара Дьокуускайтан тиийэ кэлэн бүүс аттыгар үйэлээх маһы олортулар.

Данил Алексеевич «Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сыллаах мэтээлин хаһаайынынан буолар. Ону тэҥэ, кини  үлэ, тыыл бэтэрээнэ. Кини Сергей Зверев — Кыыл Уолун ансаамбылыгар Москва куоракка ыччат бэстибээлигэр баралларыгар 30 хомуһу оҥорон биэрбитэ.

Саха норуотун маастарыстыбатын, сатабылын, уранын көрдөрөр, туоһулуур үтүөкэннээх киһи олорон ааспыт олоҕор, мэлдьи дьон ытыктабылыгар сылдьыбыта, элбэх ыччаты тэнитэн дьоллоох олоҕу олорбута. Кини сиэннэрэ, хос сиэннэрэ республика араас  муннугунан тарҕанан үлэни-үөрэҕи өрө туппут дьон. Өбүгэлэрин туйаҕын хатаран илиилэригэр сатабыллаахтар, уран уустар. Кинилэртэн биирдэстэрэ түүлээҕинэн дьарыктанар иистэнньэҥ, саха сирин норуотун маастара Ньургууна Иванова. Бу күн нарылаан тикпит таҥастарын дьон көрүүтүгэр таһаарда.

Бэс ыйын 14 кунугэр Арассыыйаҕа Улуу Кыайыы 80, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ Дойдуну көмүскээччи,
Сунтаар улууһугар С.А.Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сылын чэрчитинэн ыытыллар Аллыҥа кымыс үрдэ ыһыаҕын арыллыытыгар Алгысчыт кэлбит ыалдьыттары ыраастаан алгыстаан, 7 кындыа кыталык кыргыттар, 9 далбар хотуттар, Серегей Афанасьевич Зверев Кыыл Уола үнкүүтүнэн «Одун» үнкүү ансаамбыла киэргэттэ.
Ону таһынан Аллыҥа нэһилиэгин Кымыс Үрдэ ыһыаҕын курэхтэрэ
«Оһуохай – Айыы үҥкүү» күрэһэ
Улахан дьоҥҥо
1 миэстэ – Дмитрий Кондратьев
2 миэстэ – Амонова Матрена
3 миэстэ — Тимофеева Аида
«Оһуохай – Айыы үҥкүү» күрэһэ
О5олорго
1 миэстэ – Тихонов Федя
2 миэстэ – Васильев Дима
3 миэстэ – Алексеева Айыына

«Талба талаан» иис, илииннэн оҥоһук быыстапкатын көрүү – күрэһэ»
1 миэстэ – Пахомов Аркадий
2 миэстэ – Спиридонова Матрена
3 миэстэ – Федорова Полина
«Толбоннурар уһун суһуох» күрэһэ
1 миэстэ – Айталина Саввинова
2 миэстэ – Васильева Олеся
3 миэстэ – Алексеева Айыына
«Сахалыы таҥныах – кэрэтик симэниэх» саха таҥаһын көрүү — курэһэ
1 миэстэ – Андреева Анна
2 миэстэ – Антонина Иванова
3 миэстэ – Айхаана Иванова
“Боотур” саха төрүт оонньууларын курэһэ (многоборье)
1 миэстэ – Большаков Тимофей
2 миэстэ – Антонов Ньургун
3 миэстэ – Сидоров Юлиан
« Халадаайдаах сүүрүү курэһэ»
1 миэстэ – Дьяконова Марина
2 миэстэ – Спиридонова Юлия
3 миэстэ – Пермякова Полина

Ыһыах курэхтэрин сурун спонсордарынан буоллулар:

  1. Сылын аайы өйөбул буолар «Ил-Тосхол», «Ал-Су» тыа хаһаайыстыбатын
    бородууксуйатын оҥорон таһаарар кооперативтар (генеральнай директор Нина
    Прокопьевна Герасимова).
  2. Спортка уһулуччу ситиһиилэрдээх, Аллыҥаттан төруттээх Уаровтар оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара.
  3. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаага, Мужество орденын кавалера, бэйэбит ыччаппыт, сымса, кытыгырас Филипп Степанов сырдык аатын кэриэстээн ийэтэ Диана
    Христофоровна Каплина.
  4. Тыыл, педагогическай улэ бэтэрээнэ Федора Николаевна Чирикова сырдык аатын үйэтитэн оҕолоро, сиэннэрэ.
  5. ⁠Аллыҥа нэһилиэгэр тутууну ылсан үлэлэһэ сылдьар урбаанньыттар Алексей Понфилович Алексеев, Аркадий Анатольевич Иванов